Көҥүл суруналыыстар «Чааһынай Кэрэспэдьиэн» дастабырыанньатын тутуохтара
10 августа 2016 года
Бу ыстатыйаҕа Бикимиэдьийэ пуондата дуу, кини бырайыактарыттан биирдэстэрэ, биитэр киниэхэ сыһыаннаах дьон ахтылаллар. Биики-сонун — Бикимиэдьийэ пуондатын бырайыактарыттан биирдэстэрэ. |
2016 сыл атырдьах ый 9 күнүгэр Нуучча Биики-сонуннара уонна «Чааһынай Кэрэспэдьиэн» интэриниэт таһаарыы «Чааһынай кэрэспэдьиэн буол!» диэн ааттаах көҥүл суруналыыстыкаҕа кыттыгас бырайыак оҥорор туһунан биллэрдилэр. Бырайыак иһинэн аналлаах ирдэбили толорбут репортердарга «ЧасКор» суруналыыс дастабырыанньатын туттарыаҕа, уонна оннук дастабырыанньалаахтарга араас тэрээһиннэргэ аккредитация ылалларыгар көмөлөһүө.
Суруналыыс дастабырыанньатын ылыы аан бастаан маннык аһаҕас уонна туохтан да тутулуга суох буолуоҕа. Дастабырыанньаланыан баҕалаахтар сонун бэлиэтээһини, анаарар ыстатыйаны, интервьюны, фото уонна видео эрэпэртээстэри суруйар кыахтарын көрдөрүөхтээхтэр.
Бырайыакка араас жанрга идэтийбит көҥүл суруналыыстары, сааһыттан уонна дойдутуттан тутулуга суох, кэтэһэллэр.
Бырайыак кыттааччылара үлэлэрин Нуучча Биики-сонуннарыгар уонна «Чааһынай Кэрэспэдьиэҥҥэ» бэчээттиэхтэрин сөп. Таһаарыылар иккиэн көҥүл Creative Commons лиссиэнсийэннэн үлэлииллэр. Онно угуллубут ыстатыйалар туох да улахан хааччаҕа суох атын сиргэ бэчээттэниэхтэрин сөп.
«Викимедиа РУ» НП толорооччу дириэктэрэ Станислав Козловский Биики-сонуннарга маннык диэтэ:
«Викимедиа РУ» 7 сыл кэриҥэ «Чааһынай Кэрэспэдьиэни» кытта үлэлиир. «Чааһынай Кэрэспэдьиэн» Creative Commons Attribution 3.0 аһаҕас лиссиэнсиэйни бары матырыйалларыгар туттар Арассыыйаҕа бастакы таһаарыы буолар. Бикипиэдьийэ элбэх кыттааччылара хайыы-үйэ Часкор дастабырыанньатын туппуттара, ол түмүгэр, холобура, энциклопедияҕа аналлаах элбэх хаартыска оҥоһуллубута. Ол эрээри бу бырассыаһы бэрээдэктиир уолдьаста, суруналыыс буоларга сурналыыс быһыытынан үлэлиэххэ наада :) Мин бу бырайыак биир өттүнэн Биики-Сонуннары дьоҥҥо биллэр-көстөр буоларыгар көмөлөһүө, иккис өттүнэн информация хомуйарга уонна хаартыска түһэрэргэ Викимедиа кыттааччыларыгар эбии кыахтары биэриэ диэн эрэллээхпин. Тоҕо диэтэххэ суруналыыс дастабырыанньата суох инньэ гынар сорох түгэҥҥэ наһаа ыарахан биитэр отой сатаммат. |
«Чааһынай Кэрэспэдьиэн» сүрүн эрэдээктэрэ Наталия Трищенко бэлиэтээтэ:
Билиини аһаҕастык сомсон ылыы уонна ону тарҕатыы информация үйэтигэр киһи быраабын биир тулхадыйбат тулааһына буолла. ЧасКор үрдүк таһымнаах мөккүөр былаһааккатын быһыытынан уонна «Викимедиа РУ» бырайыактарыгар аһаҕас информация төрүтэ буолаары айыллыбыта. Биһиги бииргэ үлэбит салҕанарыттан наһаа үөрэбит уонна атын да интэриниэккэ баар былаһааккалары Биики-Сонуннар уонна Часкор бырайыагар кытталларыгар ыҥырабыт. |
Тэрийээччилэр бырайыак аһаҕаһыгар болҕомтолорун хатыыллар уонна атын киэҥ эйгэҕэ тахсар таһаарыылары кыттыһарга, эбии кыаҕы туһанарга ыҥыраллар.
Эбии көр
править- Страница проекта «Стань частным корреспондентом!».
- Русские Викиновости.
- Частный Корреспондент (Архивная копия от 19 марта 2012 на Wayback Machine).
Төрүттэрэ
правитьЭта статья создана в рамках проекта «Стань частным корреспондентом!» |
Комментарии
Если вы хотите сообщить о проблеме в статье (например, фактическая ошибка и т. д.), пожалуйста, используйте обычную страницу обсуждения.
Комментарии на этой странице могут не соответствовать политике нейтральной точки зрения, однако, пожалуйста, придерживайтесь темы и попытайтесь избежать брани, оскорбительных или подстрекательных комментариев. Попробуйте написать такие комментарии, которые заставят задуматься, будут проницательными или спорными. Цивилизованная дискуссия и вежливый спор делают страницу комментариев дружелюбным местом. Пожалуйста, подумайте об этом.
Несколько советов по оформлению реплик:
- Новые темы начинайте, пожалуйста, снизу.
- Используйте символ звёздочки «*» в начале строки для начала новой темы. Далее пишите свой текст.
- Для ответа в начале строки укажите на одну звёздочку больше, чем в предыдущей реплике.
- Пожалуйста, подписывайте все свои сообщения, используя четыре тильды (~~~~). При предварительном просмотре и сохранении они будут автоматически заменены на ваше имя и дату.
Обращаем ваше внимание, что комментарии не предназначены для размещения ссылок на внешние ресурсы не по теме статьи, которые могут быть удалены или скрыты любым участником. Тем не менее, на странице комментариев вы можете сообщить о статьях в СМИ, которые ссылаются на эту заметку, а также о её обсуждении на сторонних ресурсах.