Волгатааҕы биики сэминээр
7 ноября 2017 года
В этой статье упоминается Фонд Викимедиа, какой-либо из его проектов или люди, имеющие к ним отношение. Викиновости — один из проектов Фонда Викимедиа. |
2017 сыл сэтинньи 4-6 күннэригэр Марий Эл өрөспүүбүлүкэтигэр Волгатааҕы биики-сэминээр буолан ааста.
Сэминээргэ сүүрбэттэн тахса кыттааччы Арассыыйа араас муннуктарыттан уонна биир кыттааччы Украинаттан кэлэн кытынна.
Тэрээһин Йошкар-Ола «Вирджиния» диэн көстүүнэйигэр ыытылынна.
Бастаан сэтинньи 4 күнүгэр кыттааччылар Марий Эл Т. Евсеев аатынан түмэлигэр сырыттылар.
Нөҥүө күнүгэр икки бөлөххө хайдан үлэлээтилэр: бастакы бөлөх Йошкар-Олааҕа хаалан марий тыл учууталларыгар маастар-кылаас ыыттылар; иккис бөлөх хайа марилара олорор Козмодьемьянскай диэн куораттарыгар Биики-экспедицияҕа бардылар.
Бастакы бөлөх мари тылын кыһалҕатын ырыттылар, онтон Фархад Фаткуллин, Тимерхан Шайхутдинов, Андрей Чемышев уонна Олег Абарников маастар кылаас ыыттылар.
Ол кэнниттэн саҥа кыттааччылары бырайыакка киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Эрмээн уонна Украина биикиһиттэрин уопутун аҕыннылар (1, 2).
Иккистэр Козмодьемянскайга Уус-уран уонна устуоруйа түмэлигэр, Аһаҕас халлаан анныгар тэриллибит Мари этнографиятын түмэлигэр, «Паллаада» баарыстаах хараабыл кулуубугар сырыттылар. Ол кэнниттэн Волганы паромунан туораатылар. Ол кэнниттэн биики экспедиция кыттыылаахтара Йошкар-Олаҕа төннөн кэлэн Европаҕа кирпииччэттэн тутуллубут саамай үрдүк дьиэҕэ сырыттылар.
Сэминээр сэтинньи 6 күнүгэр бэнидиэнньиккэ Викимедиа РУ дириэктэрэ Владимир Медейко аан тылыттан саҕаланна.
Бастаан Тимерхан Шайхутдинов «Ыччат өрөбүллээҕи биики-оскуолата: хайдах уонна тоҕо?» диэн дакылаат аахта.
Онтон билэлиэгийэ хандьыдаата В. М. Васильев аатынан МарНИИЯЛИ үлэһитэ Марина Тимерьяновна Ипакова «Взаимодействие активистов марийской википедии с научно-исследовательским отделом языка МарНИИЯЛИ». Кини нууччалыыттан мари тылыгар тылбаас ньымаларын кэпсээтэ: туруору тылбаас, кэпсээн тылбаас, неологизмнары уонна киирии тыллары туһаныы уратыларыгар тохтоото.
Владимир Медейко «Викимедиа хамсааһын, НП ВМРУ уонна кини үлэтэ. Тылы уонна култуураны чөл хаалларыы судургу ньымата» диэн дакылааты аахта.
Онтон Дмитрий Рожков «Бикипиэдьийэ диэн тугуй? Бикипиэдьийэ учууталга туһата, Биики ыскылаакка үлэ, Биики-GLAMур уо.д.а.» диэн дакылааты аахта. Сергей Владимиров (МФТИ) уонна Андрей Крыжановскай (ПетрГУ) уопуттарын кэпсээтэ.
Кини кэнниттэн Алина Возная бибилэтиэкэрдэри Бикипиэдьийэҕэ уонна Биики Хааһахха угуйуу туһунан кэпсээтэ.
Ол кэнниттэн Олег Абарников Хапхаас биикиһиттэрин уонна салаалар истэригэр күрэс ыытыы туһунан тыл эттэ.
Башкир биикититтэн Зуфар Салихов Биики Билиигэ башкиирдар уопуттарыттан кэпсээтэ, кыһалҕаларга тохтоото.
DonSimon диэн ааттаах кыттааччы «Биики Сонуннарга элбэх тылланыы сыла» биллэриллибитин кэпсээтэ.
Сэминээр бастакы чааһын Татаар Бикипиэдьийэтиттэн Фархад Фаткуллин үс дакылаатынан түмүктээтэ: «Ресурсы проекта Развитие Википедий на языках народов России»; «Умный регион: как можно использовать возможности Википедий для регионального развития»; «Викимания: заявка на стипендию Фонда Викимедиа; получение визы и гранта на покрытие расходов; подготовка выступлений и постеров; планирование участия, официальный отчёт».
Эбиэт кэннэ Светлана Батаногова бибилэтикэ биики бырайыактарга кыттыытын туһунан кэпсээтэ.
Онтон Татаар Бикипиэдьийэтиттэн Абдулла Хамидуллин дакылаат аахта: «Вики глазами татарских викимедистов — о чём мы хотим рассказать своим внукам и правнукам?»
Chath — «Узнай Россию, начни с памятников. О важности написания статей об объектах культуроного значения, фотографии, которых накоплены с помощью WLM».
Кини кэнниттэн Николай Литвинов саҥа саҕалаан эрээччилэргэ маастар кылаас ыытта.
Биики-сэминээри DonSimon кыттааччы Нууччалыы Биики-Сонуҥҥа суруйуу туһунан кэпсээнинэн түмүктээтэ.
Сэминээр кэнниттэн сорох кыттааччылар сэминээр туһунан санааларын үллэһиннилэр.
Семинар стал, безусловно, выдающимся событием. Показательно, что в ходе мероприятия не раз вспоминали эпохальную международную конференцию «Языки меньшинств в компьютерных технологиях: опыт, задачи и перспективы», прошедшую в 2011 году также в Йошкар-Оле. Позитивные черты форума: его представительность, основательность и актуальность докладов, наличие мастер-классов, привлечение педагогов. Пожелания по итогам: сохранение и опубликование материалов семинара, воплощение важных предложений и идей, прозвучавших в его ходе. |
Безусловно очень полезный семинар для языковых разделов Википедии. Спасибо организаторам за концерт государственного ансамбля танца «Марий Эл», за вики-экспедицию в Козьмодемьянский культурно-исторический музейный комплекс и в музей имени Т. Евсеева. |
Волгатааҕы биики-сэминээр Арассыыйа омуктарын тылларынан тахсар биики-бырайыактар сайдыыларыгар уонна билии көҥүл тарҕаныытыгар анаан ыытыллар.
Сэминээр Йошкаар-Олааҕа буоларын Ижевскэйгэ 2016 сыл бала5ын ыйыгар буолбут Урааллааҕы биики сэминээргэ бигэргэппиттэрэ.
Бу форум атын сирдэргэ буолбут маннык тэрээһиннэр салгыылара буолла (Уфа, 2015, Петрозаводскай, 2016, Ижевскэй, 2016, Дербент, 2017).
Тэрийээччилэр: НП «Викимедиа РУ», Группа Викимедийцев Башкортостана и волонтёры Луговомарийской Википедии.
Сэминээр иннинээҕи күн
правитьБиики экспедиция
правитьБиики сэминээр
править
См. также: |
Сигэлэр
правитьТөрүттэрэ
правитьКомментарии
Если вы хотите сообщить о проблеме в статье (например, фактическая ошибка и т. д.), пожалуйста, используйте обычную страницу обсуждения.
Комментарии на этой странице могут не соответствовать политике нейтральной точки зрения, однако, пожалуйста, придерживайтесь темы и попытайтесь избежать брани, оскорбительных или подстрекательных комментариев. Попробуйте написать такие комментарии, которые заставят задуматься, будут проницательными или спорными. Цивилизованная дискуссия и вежливый спор делают страницу комментариев дружелюбным местом. Пожалуйста, подумайте об этом.
Несколько советов по оформлению реплик:
- Новые темы начинайте, пожалуйста, снизу.
- Используйте символ звёздочки «*» в начале строки для начала новой темы. Далее пишите свой текст.
- Для ответа в начале строки укажите на одну звёздочку больше, чем в предыдущей реплике.
- Пожалуйста, подписывайте все свои сообщения, используя четыре тильды (~~~~). При предварительном просмотре и сохранении они будут автоматически заменены на ваше имя и дату.
Обращаем ваше внимание, что комментарии не предназначены для размещения ссылок на внешние ресурсы не по теме статьи, которые могут быть удалены или скрыты любым участником. Тем не менее, на странице комментариев вы можете сообщить о статьях в СМИ, которые ссылаются на эту заметку, а также о её обсуждении на сторонних ресурсах.