Үөрэх туһунан сокуону уларытыыны Дьокуускайга утараллар
category = Опубликовано category = ЮНЕСКО notcategory = Не публиковать notcategory=Биики сонун кылгастык count = 5 stablepages = only suppresserrors = true namespace = Main addfirstcategorydate = true ordermethod = created
</dynamicpagelist><dynamicpagelist>category = Опубликовано category = Республика Саха (Якутия) notcategory = Не публиковать notcategory = Биики сонун кылгастык count = 5 stablepages = only suppresserrors = true namespace = Main addfirstcategorydate = true ordermethod = created
</dynamicpagelist><dynamicpagelist>category = Опубликовано category = Русские Викиновости notcategory = Не публиковать notcategory = Биики сонун кылгастык count = 5 stablepages = only suppresserrors = true namespace = Main addfirstcategorydate = true ordermethod = created </dynamicpagelist>
20 июля 2018 года
«Бүтүн Арассыыйатааҕы төрүт тыллары көмүскүүр акция» иһинэн 2018 сыл от ыйын 19 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн биирдэм пикиэттэр уонна сарсыныгар эрэгийиэн киин куоратыгар Дьокуускайга көмүөл пикиэт буоллулар.
-
Бүтүн Арассыыйатааҕы төрүт тыллары көмүскүүр акция иһинэн ыытыллыбыт көмүөл пикиэт. 2018 сыл от ыйын 20 күнэ -
Бүтүн Арассыыйатааҕы төрүт тыллары көмүскүүр акция иһинэн ыытыллыбыт көмүөл пикиэт. 2018 сыл от ыйын 20 күнэ
Быйыл муус устарга Госдуума алта дьокутаата «Үөрэх туһунан» сокуону уларытан, төрөөбүт тыллары баҕа эрэ өттүнэн үөрэтиигэ көһөрөр көннөрүүлэри киллэрбиттэрэ. Баччааҥҥа диэри сорох Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэригэр бэйэлэрин тыллара нуучча тылын кытта тэҥҥэ булгуччу үөрэтиллэ турбута, оттон сорох өрөспүүбүлүкэлэргэ төрөппүт оҕотун туһааннаах оскуолаҕа уонна кылааска биэрэн, оҕото тылы үөрэтэрин эбэтэр үөрэппэтин талара. Ол аата оскуола төрөөбүт тылы уонна төрөөбүт тылынан үөрэтэрин эрэгийиэн былааһа, олохтоох былаас уонна оскуола салалтата, олохтоохтор ирдэбиллэрин учуоттаан, бэйэлэрэ быһаараллара.
Бу уларытыы үөһэ ойууламмыт бэрээдэги алдьатан, Арассыыйа төрүт омуктарын тылларын оскуолаҕа букатын булгуччута суох оҥорор. Утарааччылар бу көннөрүүлэри «факультатив тыллар тустарынан сокуон» диэн ааттаабыттара. Көннөрүү ааптардарын санаатынан, сокуон оҕо туора тылы күһэллэн үөрэтэрин тохтотуохтаах.
Ол эрээри, тыл булгууччулаах үөрэх программатыттан сүттэ да, орто оскуолаттан букатын сүтэр кутталлаах, диэн кириитикэлииллэр. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүт оҕото ордук-хос «ноҕуруускаланарын» сөбүлээбэт, ону ааһан, тыл оннугар ЕГЭ-ҕэ туттарар биридимиэтин үөрэтэрэ ордук диэн сөп. Аны, Арассыыйа үрдүнэн элбэх учуутал үлэтиттэн матыан, эбэтэр чааһа аҕыйаан, хамнаһа биллэрдик кыччыан сөп. Бу балаһыанньа мөккүөрдээҕин омук тылын үөрэтии булгуччулааҕынан хаалбыта ордук сытыытык көрдөрөр. Нуучча тыла эмиэ, сүүстэн тахса Арассыыйа төрүт омугар төрөөбүт тыл буолбатаҕын үрдүнэн, булгуччу үөрэтиллэр.
Маны таһынан, Госдуума Латвияҕа нуучча тылын күөмчүлээһини утарыыта сытыырхатан биэрэр курдук. Ол ыаллыы дойдуга, ол эрээри, нуучча тылын оскуолаттан отой суох гыныы туһунан этиллибэт, арай нуучча оскуолаларыгар сорох биридимиэттэри (холобур, математиканы) судаарыстыбаннай латыыштыы тылынан үөрэтиини киллэрэн эрэллэр.
Бу сокуон уларытыыта, төһө да өрөспүүбүлүкэлэргэ утарсыыны көрсүбүтүн иһин, элбэхтик көннөрүллэн да буоллар, Госдуумаҕа бастакы ааҕыыны ааспыта. Сокуон омсолоох өрүттэрин мүлүрүтүүгэ уопсастыбаннай тэрилтэлэр, өрөспүүбүлүкэлэр былаастарын уорганнара, идэлээх тэрилтэлэр үлэлэспиттэрэ.
«РФ омуктарын дэмэкирээттии кэнгириэһэ» диэн уопсастыбаннай тэрилтэ от ыйын 19 күнүн Төрүт тыллары көмүскүүр күнүнэн биллэрбитэ. Маннык утарар акциялар бу күн Алтаай Өрөспүүбүлүкэтигэр, Москубаҕа, Самаараҕа, Өфөҕө, Татарстааҥҥа уонна Кабардино-Балкарияҕа ыытыллыннылар.
См. также: Якутия: Мы же не требуем согласия родителей на изучение математики или биологии... |
Эбии көр
правитьТөрүттэрэ
править- Мария Кугель «Уходящий русский». Журнал «Огонёк», 9 апреля 2018 года. (архив)
- «Законопроект № 438863-7 О внесении изменений в статьи 11 и 14 Федерального закона «Об образовании в Российской Федерации» (в части изучения родного языка из числа языков народов Российской Федерации и государственных языков республик, находящихся в составе Российской Федерации)». Государственная Дума РФ. (архив) (недоступная ссылка)
- «По всей России прошла серия одиночных пикетов против закона о добровольности изучения родных языков». Деловая электронная газета «Бизнес Online», 20 июля 2018 года года. (архив)
Комментарии
Если вы хотите сообщить о проблеме в статье (например, фактическая ошибка и т. д.), пожалуйста, используйте обычную страницу обсуждения.
Комментарии на этой странице могут не соответствовать политике нейтральной точки зрения, однако, пожалуйста, придерживайтесь темы и попытайтесь избежать брани, оскорбительных или подстрекательных комментариев. Попробуйте написать такие комментарии, которые заставят задуматься, будут проницательными или спорными. Цивилизованная дискуссия и вежливый спор делают страницу комментариев дружелюбным местом. Пожалуйста, подумайте об этом.
Несколько советов по оформлению реплик:
- Новые темы начинайте, пожалуйста, снизу.
- Используйте символ звёздочки «*» в начале строки для начала новой темы. Далее пишите свой текст.
- Для ответа в начале строки укажите на одну звёздочку больше, чем в предыдущей реплике.
- Пожалуйста, подписывайте все свои сообщения, используя четыре тильды (~~~~). При предварительном просмотре и сохранении они будут автоматически заменены на ваше имя и дату.
Обращаем ваше внимание, что комментарии не предназначены для размещения ссылок на внешние ресурсы не по теме статьи, которые могут быть удалены или скрыты любым участником. Тем не менее, на странице комментариев вы можете сообщить о статьях в СМИ, которые ссылаются на эту заметку, а также о её обсуждении на сторонних ресурсах.